

Атах тэпсэн олорор гына
Сайдыы суолун тобулуоҕуҥ,
Киһи кэрэмэһэ дэтиэҕиҥ!
Оччотугар буоллаҕына -
Суол аайы суон сурахтанан,
Аартык аайы албан аатыран
Сахам уола силигилиэҕин!
• к к к
Сэрии оҕото
Эһэм
—
тыыл бэтээрэнэ
—
Кириллин Антон Михайловичка ананар
Эн -
Эрдэ тороен хаалан,
Эрэйи-муҥу
Муннугунан тыыран,
Ол уоттаах сэрии
Ынырык сылларыгар
Тулаайах хаалар
Кэлтэгэй дьылҕаламмыккын...
Э н -
Оонньооботох оҕо саастаах
Огдолуйбут оҥоһууланан,
Эрдэ туран үлэҕэ
Мүккүллүбүт эбиккин,
Сүүһүнг көлөһүнүн
Уллуҥаххар аҕаан
Туруу үлэһит дэппиккин.
Эн -
Дьарамай санныгар
Колхуос күүстээх үлэтэ
Сүктэридлибит да эбит...
Тоҥору-хатары аахсыбакка,
Күүстээх үлэҥ түмүгэр
Сталин төбөлөөх мэтээли
Түөскэр күлүмнэтэ иилиммиккин!
Эн -
49