

***
Ыллыыбын, бу ырыабын эйиэхэ
Иһит
МИИГИН, ЭН ӨЙДӨӨ,
Ылламматах ырыаларбын,
Хоннорботох хоһооннорбун,
Сүрэххин арыйан, сырдатан ис.
Самныма эн, миигиттэн курэнимэ!
Мин эйгэбэр киирэннин, тыын эн бииргэ!
Харахпын одуулаан,
Кулгааххын сэгэтэн,
Сэргээ, мин ырыаларбын,
Санаа бу тутулун.
Ааҕабын ахсаанынан,
Хас биирдии тылларбын суолталаахтык,
Хатылааммын баран иһэбин,
Инним диэки хоту сыалбар,
Охтубаккка, толлубакка.
Кыра аайыттан кыыһырбакка
Эрэллээх мин доҕорум,
Куттаныма, сырдыкка хардыылыыргыттан,
Аһабын эйиэхэ ааммын
Илиибин утары уунабын....
Олох ирдиир барытын,
Бүгүнҥу күнүм түбүктэрэ,
Бүгүннү күнүм үөрүүлэрэ,
Күүстээх күөмчү күүһү,
Эргиирдээх кэмнэри,
Эргитэн ылыахха барытын.
Амсайабын гыыннаах этиилэри
Тыллырбын тиэрдэбин, эйиэхэ.
Илиигин биэр, миэхэ,
Ил-эйэни түстүөх бииргэ,
Эдэр көлүөнэ киһитэ,
Ирдээмэ, ирбэтэх суоллары!
Батыһыма, быстах суолу!
Ситис, эн хайаан даҕаны,
Үтүө түмүктээх суоллары!
Оттон мин -
64