Сэһэн. Кэпсээннэр
Сэһэн. Кэпсээннэр
Саха суруйааччылара оҕолорго
Дьокуускай
Бичик
2014
134 с.
Краткое содержание
Егор Чээрин
Туолбатах нэрээт
Егор Чээрин Байкал кытыытыгар байыаннай үөрэххэ сылдьар. Кинилэр чугастааҕы колхозка көмөлөспүттэрэ хаһыс да хонуга. Биир күн грузовой массыынаҕа олорсон, ыллаан-туойан төннөн истилэр. Массыыынаҕа снайпердар взводтарын командира лейтенант Лобада олорсон иһэр. Онно хас да саха баарын хайгыылларын истэн стрелковай взводка баар Егор ордугургуу саныыр. Кыргыттары кытта икки уостаах саатын тутан олорор оҕонньор эмиэ барсан иһэр. Егор дьиэтигэр хаалбыт оруобуна маннык саалаах буолан ымсыыран, көҥүллэтэн тутан олорооччу буолла. Арай иннин көрө түспүтэ утары куоҕас көтөн иһэр эбит. Егор сахата өтөн тулуйбакка ытан саайбыта, өлүү болдьохтоох, куһа массыына таһыгар “пөс” гына түһэр. Оҕонньор уол бэркэ ыппытын хайҕаан, куоҕаһы ылан колхозтаахтары кытта дьиэлиир. Оттон лейтенант Чээрини көҥүлэ суох сааны эспитин иһин биир нэрээти биэрэр. Сарсыныгар Егор строевой занятиеҕа сырыттаҕына лейтенант ыҥыртаран ылар. Дьэ били нэрээти толортороору ыҥыттардаҕа диэн санаан барбыта, лейтенана сыал ытар сиргэ аҕалан фашист фигуратын ыттарар. Чээрин сыалын чопчу ытыалаабытын кэннэ төннөллөрүгэр лейтенана тугу да саҥарбат, кыыһырбыта ааһа илик курдук. Үөрэнэ сылдьар байыастарга чугаһаан иһэн лейтенант “снайпер буолуоххун баҕараҕын дуо” диэн ыйыппытыгар Чээрин үөрүүтүттэн баҕарабын диэн ботугуруур. “Бэҕэһээҥҥи нэрээти көтүрэбин, өссө атыттарга холобурга сылдьар саллаат буолаар” диэн лейтенант Лобада алҕыыр. Дьэ ити күнтэн ыла Егор Чээрин снайпердар взводтарыгар кэлэр.
Гурьянов
Сэрии биэс көстөөх сиргэ бара турар. Саллааттар землянка хастан төрдүө буолан сыталлар. Чээриннээх иккиэ буолан куукунаҕа көмөлөһө бардылар. Николаев Николай Николаевич радист – саха, Гурьянов диэн саҥардыы кэлбит снайпер нууччалыын землянкаҕа хааллылар. Киэһэ кэлбиттэрэ дьонноро өстөһөн кэпсэппэккэ олороллор. Ол барыта Николаев Гурьяновы хаадьылаабытыттан тахсыбыт. Холобур, Гурьянов “кыыллар эһиги тымныыгытын хайдах тулуйаллар” диэн ыйыппытыгар биһиги киһибит эппиэтэ маннык буолбут. “Тыыннаах буолуу иһин oxcyhyyгa тыынар тыыннаах бэйэтэ тулалыыр быһыыга-майгыга сөп тубэһэр диэн Дарвин эппитин Саха сирин кыыллара бэркэ туһаналлар” диэбит. “Лааппы ыскылаата алдьаммытыгар элбэх хаатыҥка, бараан сон сүппүтүн сотору буолаат эһэлэртэн, бөрөлөртөн булбуттар” диэн кэпсээбитин Гурьянов кэлэйбиттии сапсыйан кэбиспит.
Булт
Саллааттар охсуһуу кирбиитигэр киирбиттэрэ хас да хонно. Николаев радист атын взводка баар, Чээринниин дэҥҥэ көрсүһэллэр. Онтон Гурьяновтыын олох ыкса доҕордостулар. Биирдэ кинилэр иннилэригэр баар учаастакка немец снайпера күннээбитин суох гынарга бирикээс туттулар. Саллааттар саҥа талбыт сирдэригэр саһан сытан немеһи кэтииллэр. Кыылы бултуурга мэҥиэ быраҕар курдук кинилэр түүн чуучула оҥоһуннулар. Гурьянов оҥкучах иһигэр олорон провод тартаҕына чуучула быган кэлиэхтээх. Ол кэмҥэ Чээрин хантан ыталларын чопчу билиэхтээх. Чуучула быкпытыгар күөх от бөлкөйө өрө тахсан истэҕинэ, ити немец төбөтө буоларын билэн Чээрин кыҥаан-кыҥаан ытан саайар. Бөлкөй от маарыҥҥы курдук оргууй буолбакка, эмискэ ньимис гынар. Ити кэннэ немец снайперыттан ким да өлбүт, бааһырбыт сураҕа иһиллибэт буолла.
Дьикти бомба
Саллааттарга икки күннээх сынньалаҥ биэрдилэр. Уолаттар тэһийбэккэ ону-маны омуннаахтык кэпсэтэн сэһэргэспиттэрэ ырааппыт. Дьэ ол олорон немецтэри дьиктитик төгүрүйэн ылар ньыманы толкуйдаан таһаардылар. Ол туһунан кэпсии лейтенант Ивановка сүүрдүлэр. Уустаан-ураннаан кинилэр арыйыылара олоххо хайдах киириэхтээҕин номнуо буолбут курдук кэпсээн биэрдилэр. Биһиги самолеттарбыт салгынынан толоруллан оҥоһуллубут, кими да өлөрбөт, тыас эрэ таһаарар буомбалары быраҕаттыыр кэмнэригэр тааҥкалар кимэн киириэхтээхтэр. Ол кэмҥэ немецтэр дьиҥнээхтик буомбалыыллар диэн хорҕойо сыталлар эбит. Дьикти буомбалар быыстарынан биһиги чаастарбыт өстөөх кэтэҕэр ааһыахтааахтар. Лейтенант кэпсээни истэн баран уолаттарга “тугу эмэни айан таһаарарга, дьиҥнээх конструктор буоларга үөрэх, билии наада. Онон сэрииттэн тыыннаах хааллаххытына үөрэниҥ, үрдүк билиини ситиһиҥ,” диэн этэр.
Кимэн киирии
Түүн Гурьяновтаах Чээрин сарсын охсуһуохтаах окуопаларын бэлэмнии иһэллэр. Арай өстөөх диэкиттэн үс хара күлүк дьоннорун диэки үөмэн иһэллэрин көрөллөр. Сүбэлэһэн баран кэннилэриттэн эмиэ үөмэн баран истилэр. Икки немец сыыллан бардылар, биирдэрэ хаалбытын Гурьянов тиийэн кынчаалынан аста. Анараа немецтэр буулдьалара чубугураһан бардылар. Бу кэмҥэ саһа сыппыт биһиги байыастарбыт көмөҕө кэлэн “тыл” ыла кэлбит немецтэр бэйэлэрэ “тыл” буоллулар. Сарсыарда халлаан сырдыыта уолаттар окуопаларыгар саһан сыталлар. Эмискэ, доҕоор, этиҥ тыаһын курдук советскай артиллерия тыаһа өрө сатарыйа түһэр. Окуопаттан тахсан советскай пехота иннин диэки ыстанар. Өстөөх ханна сытан утарсарын көрөн снайпердар ытыалыыр кэмнэрэ дьэ кэлэр. Окуопаларыгар сытан кимэн киирэн иһэр чаастарын ытыалыыр немецтэри бултууллар. Биһиги уолаттарбытын немецтэр эмиэ билэн ытыалаатылар. Чээрин ботуруона бүтэн Гурьяновка сахалыы “мотуруонна аҕал” диэн хаһыытаабытыгар доҕоро “ханнык Матрена” диэн эппиэттиир. Онтон өй ылан нууччалаан ботуруонун ылан өссө ытыалыыр. Окуопаларыттан ойон тахсан ытыалыы-ытыалыы томторго сүүрэн тиийэллэр. Өстөөх пулемета ах барбытыгар биһиги чаастарбыт инники диэки ыстаналлар. Эмискэ Гурьянов атаҕар табыллан хаана ыһылла түһэр. Ити икки ардыгар санитардар сүүрэн кэлэн кинини носилкаҕа сытыаран илдьэ бараллар. Чээрин хаарыан доҕорун аһыйан хараҕыттан уу-хаар баһар. Саатын хоруопкатыгар толору ботуруон симинээт дьонун диэки ыстанар. Өстөөх окуопаларыгар биһиэннэрэ немецтэри кытта ыстыыгынан охсуһа сылдьаллар эбит. Онтон уонча буолан биир таанкаҕа ытыннылар. Снаряд түһэн ыстанар тыаһа иһилиннэ да, салгыы туох да буолбутун Чээрин өйдөөбөт. Биирдэ өйдөммүтэ хабыс хараҥаҕа, буор-сыыс быыһыгар сытар эбит. Илиитэ-атаҕа бүтүн курдугун иһин ойон турар уонна саатын туппутунан дьонун диэки сүүрэр. Ытыалыырыгар саата эстэр эрээри, тыаһа иһиллибэт. Оннук сэриилэһэн өр сүүрэр-көтөр. Өрүскэ немецтэр илиилэрин өрө кэтөҕөн бэринэн туралларын көрөр. Чээрин саллааттар үөрбүт сирэйдэрин көрөн ону-маны ыйыталаспытын ким да өйдөөбөт курдугун наһаа сөҕөр. Онтон кыһыл кириэстээх суумкалаах санитар кэлэн контузияламмыккын диэн батыс диир. Чээрин хараҕар уот субуруйарга дылы буолар, мэйиитэ эргийэн санитар кэнниттэн батыһар.
Старшина Шагуров
Чээрин полк санитарнай чааһыгар эмтэнэн тахсар. Контузията ньиэрбэтигэр охсон, илиитэ салҕалыырын иһин биир ыйга сатыы сэриигэ ыыталлар. Биирдэ старшина Шагуров кэлэн штабка ыҥыран барар. Шагуров - аатырбыт разведчик. Кини туһунан элбэхтик хаһыакка суруйан тураллар, элбэх омуннааҕы да кэпсииллэр. Ол курдук, биирдэ Шагуров “тыл” ыла барбыт. Көрбүтэ, икки немец сыыллан иһэллэр эбит. Шагуров саһан сытан иккис немеһин быһаҕынан саайан өлөрбүт уонна немец кааскатын кэтэн били немец курдук салгыы сыыллан испит. Бастакы немеһэ тугу эрэ саҥардаҕына “гут-гут”диир эбит. Ити курдук биһиэттэрэ баар окуопаларыгар тиийэн кэлбиттэр. Шагуров туран таҥаһын тэбэммит уонна “гут, кэллибит” диэбит да соһуйбут немеһи соһон илдьэ барбыт. Дьэ ити кэпсиир Шагуровтарынаан бииргэ разведкаҕа ыытар буолбуттарын истэн, Чээрин олус үөрэр. Тахсан баран Шагуров Чээрини уонна Ирдонов оҕонньору үөһэттэн аллара көрөн кэбиһэр. Чээрин хааллараары гынна быһыылаах диэн куттаммыта баара, Шагуров разведка оҥорор сири үөрэтиэхпит диэн кинилэри бэйэтигэр ыҥыртыыр.
Өрүс уҥуор
Соҕуруу дойдуга үүммүт былыттаах хараҥа түүн разведчиктар баран иһэллэр. Кинилэр чычаас өрүһү сатыы кэһэн туораатылар. Талахтарга тиийэн салгыы ким тугу оҥоруохтааҕын сүбэлэһэ олордулар. Манна окуопанан ситимнэһэр үс немец землянката баар. Ортокуга офицердар баар буолуохтаахтарын Шагуров эрдэ истэ охсубут эбит. Шагуров офицерскай землянкаҕа, Ирдонов уонна Чээрин кытыыга турар землянкаларга гранаталары быраҕаттаатылар. Офицердар землянкаларын диэкиттэн икки немец иһэрин Чээрин автоматынан ытан охтордо, үһүс немеһи көрөн “бочуоттаан” иккитэ ытта. Чээрин офицердар землянкаларыгар салгыы үөмэн тиийэн Шагуровтыын биир майору билиэн ыллылар, карталары, докумуоннары таһаардылар. Төттөрү сүүрэн истэхтэринэ Чээрин таһыгар эмискэ снаряд эстэн хабыс-хараҥа буола түһэр. Арай өйдөнөн кэлбитэ, оҥхой иһигэр сытар эбит, оттон утары көрбүтэ немецтэр тураллар...
“Тойон Чээрин”
Чээрин хаайыыга сыттаҕына икки немец кэлэн “тойон” диэн ыҥыран биир дьиэҕэ илдьэ бараллар. Обер-лейтенант Фон Рюллих диэн немец аһыы ыҥырбытыгар Чээрин аккаастаабат. Таһырдьа тахсан хаайыыга илпэккэ улахан дьиэҕэ илдьэллэр.
“Табаарыстар, мин Чээриммин”
Киэһэ хойут Фон Рюллих хаайыыга кэлэн Чээрини күнүс аһаабыт дьиэтигэр аҕалар. Эмиэ аһатан баран Фон Рюллих дьэ маннык этиилээх буолар. Радионан немецтэр үчүгэйдэрин туһунан тыл этиэхтээх, оччоҕуна тыылга ыыттахтарына таптыырынан олоруохтаах. Онтон нууччалары хоттохторуна, дойдутугар төннүөхтээх. Чээрин барытыгар сөбүлэһэн истэ. Күн киирбитин кэннэ массыынаҕа олордон фронт инники кирбиитигэр илтилэр. Кини иннигэр биир нуучча саллаатыгар микрофоҥҥа тыл эттэрдилэр. Саллаат немецтэри утары охсуһуугутун күүһүрдүҥ диэн этэн истэҕинэ кэнниттэн ытыалаан өлөрдүлэр. Ону көрөн турбут Чээриҥҥэ немецтэр итинник эттэххинэ эмиэ өлөрүөхпүт диэн сааннылар. Чээрин микрофоҥҥа сахалыы саҥаран барар: “Мин Чээриммин! Саха аатын түһэн биэримэҥ, немецтэри кыргыҥ!” Сталины үөх диэн иккиһин эттэрдилэр. “Аҕа дойду иһин күүскүтүн харыстаабакка охсуһуҥ! ”диэн истэҕинэ микрофон хатанар...
“Синиэлим, быраһаай”
Тыл этэн бүтэрин кытта, немецтэр сыһыаннара тосту уларыйар. Икки саллаат Чээрини ойуур иһигэр турар землянкаҕа хаайаллар. Онтуката тыбыс-тымныы булуус эбит, иһэ хабыс-хараҥа. Ону-маны харбыалаһа сылдьан, өлбүт киһи сытарыгар кэтиллэр. Ааҥҥа тиийэн тимир тоһоҕо анньыллан турарын бэлиэтиир. Немец саллаата доппуруостуу таһаараары киирбитигэр синиэлин тоһоҕоҕо ыйаан баран бэрт түргэнник хараҥаҕа мэлис гынар.
Снайпер саата
Чээрин халыҥ ойуурга тииттэр быыстарынан хааман иһэр, өстөөхтөртөн син ыраатта. Ойуур саҕатыгар урут охсуһуу буолбут сиригэр кэлэн ас тобоҕун булан аһыыр. Биир өлбүт немецтэн лаппаакы булан илдьэ барар. Саппыкы көстө сытарын тардан саллаат өлүгүн хостоон таһаарар. Таһыгар икки батарантааһы толору ботуруоннаах снайпер саатын булан үөрүүтэ үксүүр. Лаппаакытынан иин хаһан саллааты көмөр уонна сөһүргэстээн олорон иэстэһиэх буолар.
Ыаллыы штабтар
Чээрин ойуур иһигэр саһан сытар. Биэрэстэ курдук сиргэ хас да землянка көстөр. Площадкаҕа ыскамыайкалар, уһун остуол тардыллан турар. Остуолга саба түһэн биир тойон немец олороругар икки офицер кэлэн чиэс биэрбиттэрин Чээрин саатын оптическай прицелынан көрө олорор. Хараҥа буолбутугар төттөрү төннөн бэҕэһээ бэлиэтээн көрбүт дьааһыкка сыппыт миинэтын сүгэн аҕалар. Түүн үөһүгэр сэрэнэн-сэрэнэн площадка кытыытыгар кэлэр. Күнүс көрбүт чөҥөчөгөр миинэни хаалларын бэйэтин “штабар” төннөр. Саллаат сарсыарда буолуор диэри кыайан утуйбакка өр эрэйдэнэр. Ол тухары барытын көрө-истэ, маныы сытар. Күнүс тыыл диэкиттэн кэлбит легковой массыынаттан суон немец тахсыбытын көрөр. Сөптөөх түбэлтэ тосхойбутугар Чээрин миинэтин кыҥаан ытар да немецтэр биирдэ буралла түһэллэр. Суон немец сыыллан испитин уонна икки харабылы Чээрин ытан түһэрэр да ойуур диэки ыстанар. Ойууру туораан сүүрэн иһэн көрбүтэ рота немецтэр утары иһэллэр эбит. Чээрин оҥхойго түһэн саһан хаалар. Ойуур иһигэр саа тыаһа иһиллэр. Немецтэр бэйэ-бэйэлэрин ытыалаһан киирэн бараллар.
“Дуб! Дуб! Мин Чээриммин!”
Чээрин икки түүннээх күнү быһа айаннаан партизанскай отряды булар. Этэрээт разведчиктара армия штабын связнойун туппуттар, онно атын докумуоннары кытта баар докладнойга батальон саба түһэн элбэх офицер өллө, бааһырда диэн суруллубут. Бу этэрээт урут улахан эбит, икки сыл тухары элбэх киһитин сүтэрбит. Чээрин радист Черемныхтыын биир землянкаҕа олорор. Арай Чээрин иһиттэҕинэ радист Самарин киэнин курдук билэр куолаһа иһиллэр. “Дуб! Дуб! Мин Чээриммин, истэҕин дуо?” Самарин Чээрини билэн үөрбүт куолаһа эппиэттээбитигэр саха саллаатын Николаевы ыҥыттаран кэпсэтэр. Барыта табыллыбытыттан үөрэн бэйэтин чааһын кытта хайдах сибээстэспитин Егорычевка кэпсиир. Чаас курдугунан Егорычев блокнотун туппутунан Чээрин таһыгар олорон рациянан кэпсэтэллэр. “Тимир суол станциятын кэтэҕэр, талах быыһыгар өстөөх орудиетын икки батареята турар”, Егорычев эппитин сахалыы тылбаастаан наадалаах сводканы Николаевка этэр. Николаев тута тылбаастаан полковник Беляевка тиэрдэр. Итинник ньыманан сиһилии сибидиэнньэни рациянан биэрэллэригэр немецтэр туох да мэһэйи оҥорботулар.
Уу аннынааҕы муоста уонна...
Егорычев этэрээтэ халлаан сырдыыта ойуур саҕатыгар мустар. Егорычевка командирдар кэлэн дакылааттыыллар. Саҥа сорудаҕы ылаат, төттөрү сүүрэллэр. Чээрин Дудорев ротатын кытта сытан өрүс уҥуоргу бэйэтин дьонун туһунан сэһэргиир.
Охсуу
Биһиги самолеттарбыт өстөөх бөҕөргөтүүтүн буомбалыыллар. Чээриннээх боробулуоханы остоолботтон остоолбоҕо бөҕө гына туора тардыбыттарыгар хас да немец кэтиллэн суулуннулар. Элбэх немец бэринэн илиилэрин өрө ууннулар, таанкалар кэлбиттэрин эмиэ үлтүрүттүлэр. Снарядтар түһэллэр, буулдьалар чубугурууллар. Егорычев партизанскай этэрээтэ өстөөҕү кытта бүтүннүү түмүллэн охсуһар.
Охсуһуу салгыы барар
Кыһыл Армия чаастарын көрсөн Чээрин бэйэтин дьонугар холбоһор. Полковник Беляев көрсөн Чээрин сахалыы биэрбит көрдөрүүлэрэ кыайалларыгар көмөлөспүтүн иһин махталын биллэрэр. Сэрии уордаах уотун быыһынан Чээрин доҕотторун кытта Ийэ дойдуну көмүскүү салгыы барар.
Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ
Куһу ураҕаһынан да бултуурбут
Мэхээлэчээн кыра сылдьан оҕолору кытта куһу ураҕаһынан бултууллара. Биир киэһэ үһүө буолан кустуу киирдилэр, тус-туһунан олордулар. Мэхээлэчээн кэлбит кустары сабырҕатан, иккитин табан, үөрүүтэ сүр. Салгыы кустары кэтэһэ сатаан, көҕөн саҥарар талахтарыгар баран бултуурга сананар. Чугаһаан көрбүтэ, икки көҕөн бу бөлтөһөн олорон саҥараллар. Мэхээлэчээн үөрүүтүттэн маҕыйан баран сырбатаар! Сонно киһи саҥата кылана түһэр да, Мэхээлэчээн соһуйан ууга олоро түһэр. Онтуката били бииргэ киирбит уолун атахтара эбит, уола ытаан бөҕө, өссө дьонугар үҥсүөх буолар. Хайыай, уолун ааттаан,биир куһун бэрсэн, доҕолоҥнуур доҕорунаан дьиэлииллэр.
Саттаатахха – хонууга да күөгүлүөххэ сөп
Биирдэ Мэхээлэчээни дьоно кыстык балаҕантан балык туутун аҕаларыгар соруйдулар. Уол баран истэҕинэ эмискэ ойуур иһиттэн бөрө ыстанан тахсар. Уол куттанан тииккэ ыттар, оттон бөрөтө улуйа-улуйа тула сүүрэ сылдьар, тииккэ тахсаары муҥ. Мэхээлэчээн толкуйдаан баран быһыччатын ылар уонна мутугунан күөгү курдук оҥостор. Илдьэ сылдьыбыт быатыгар баайан, күөгүтүн бөрөҕө быраҕар. Быатын аҥарын тииккэ баайар, күөгүтүн сиэбигэр хаалаабыт отонунан сотор. Бөрөтө иҥсэтигэр көрөөт да дьүккүйэн ыйыстан кэбиһэр. Уол быатын күүскэ тардыбытыгар бөрөтө куһаҕаннык хардьыгыныыр, өлөн хаалар. Мэхээлэчээн дьиэтигэр сүүрэн тиийэн бөрөнү хайдах күөгүлээбитин кэпсиир, дьоно дьиктиргээн бөҕөлөр. Оттон Мэхээлэчээн кыһын сүрдээх ичигэс бөрө суорҕаннанан абыранна.
Куобах
Мэхээлэчээн аҕата ииппит туһахтарын кэрийэр. Кини туһахха иҥнибит тыыннаах куобаҕы тутуон олус баҕарар. Арай ханна эрэ оҕо ытаан ньааҕыныырын истэн наһаа муодарҕыыр. Ойуурга биир да оҕо суох, арай туһахха иҥнибит куобах кулаачыктана сылдьар эбит. Эмискэ оҕолуу ытаан барбытыгар уол соһуйан олоро биэрэр. Ойон тиийэн атаҕыттан харбаабыта, куобаҕа тэбэн саайар да ойуур диэки куотан хаалар.
Эргэ балаҕан халҕанынан
Мэхээлэчээн быраатын, балтын кытта эргэ балаҕаҥҥа бардылар. Уол балаҕан аанын аспытыгар бөрө айаҕын аппытынан былтас гынар. Мэхээлэчээн соһуйан ааны саба охсубутугар, бөрө тахсан иһэн моонньуттан кыбыллан хаалар. Аргыстара куттанан куотан иһэн, кэлэн ааны баттаспыта буолаллар. Мэхээлэчээн балтын аҕатын ыҥыттара ыытар, бэйэтэ быраатынаан хара күүстэринэн ааннарын баттыыллар. Бөрөлөрө сотору соҕус мөлтүү быһыытыйар, хараҕа чыпчылыйбат буолар. Сотору соҕус аҕалара кэлэн хамсаабат буолбут бөрөнү аантан араараллар.
Этэрбэс чааркаан буолбуттаах
Кыһыары күһүн Мэхээлэчээн балтынаан от тиэйэ бараары тэринэллэр. Балтын этэрбэһэ көстүбэтэҕэр, аҕатын этэрбэһин кэтэрдэн кэбиһэр. Аара кэлэн иһэн уол хабдьыга ииппит туһаҕын көрөөрү хаар устун туһаҕын диэки сүүрэр, балта кэнниттэн саппай уопсан иһэр. Арай туһаҕын көрбүтэ кырынаас иҥнибит эбит. Уол ылаары ууммутугар илиитин ытыран баран суол устун ойуолуу турар. Уол ону ситээри кэнниттэн ыстанар, ситиэхчэ буолар. Балта сүүрэн иһэн этэрбэһиттэн иҥнэн охтон түһэр да, этэрбэһэ туура ыстанан хаалар. Кырынаастара утары сүүрэн иһэн этэрбэс иһигэр дьылыс гынар. Мэхээлэчээн ойон тиийэн этэрбэс айаҕын тута биэрэн, курдаттыы тутан кырынааһын өлөрөр. Ити курдук дьиктитик бултаан тураллар.
Төбөбөр кус сымыыттаабыта, өлөр суолтан бөрө быыһаабыта
Арай биирдэ Мэхээлэчээн аҕатын атын миинэн Курула диэн күөлгэ кустуу барар. Күөлгэ чугаһаабыттарыгар ата эмискэ сирэйинэн баран түһэр да, Мэхээлэчээн бадараан ортотугар батары түһэн хаалар. Өр да өр мөхсөн уҥа илиитин бадараантан нэһиилэ хостуур. Уоскуйан баран тула көрүммүтэ номнуо күнэ киирэн эрэр, ата ыраах аһыы сылдьара көстөр. Уол күүһэ эстэн, нухарыйан барда, түһээн кус бөҕөтүн өлөрдө. Уһуктан кэлбитэ бадарааныгар сытар, аттынан кус көтөн ааһан иһэр. Онтон баттаҕа кыһыйбытыгар тарбанаары гыммыта, төбөтүн оройугар кус кини баттаҕын дулҕа дии санаан сымыыттаан ааспыт эбит. Уол санаарҕыы олорон эмиэ нухарыйан ылар. Арай уһуктубута бөрө төбөтүн сытырҕалыы турар эбит. Бу алдьархайы! Уол бөрө сиэҕэ диэн олуһун куттанар, ол эрээри баҕар бөрө бадараантан таһаарыа диэн хаһыытаат бөрө кутуругун икки илиитинэн харбыы охсор. Бөрө кинини бадараантан сулбу ойутан таһаарар да, тыа диэки ыстанар. Мэхээлэчээн хонууга тиийэн илиитин ыһыктар, бөрөтө ойуолуу турар. Суунан-тараанан, ыраастанан Мэхээлэчээн ыллыы-ыллыы атын миинэн сэгэтэн иһэр.
Сиэм диэбитэ – хата бэйэтэ сиэтилиннэ
Мэхээлэчээн туут хайыһарынан табаларын тута элэстэнэн иһэр. Эмискэ киниэхэ ойоҕоһуттан бөрө саба ыстанан түһэр. Уол кутталыттан куотар аакка барар, саатар саата суох буолан биэрэр. Арай кэннин хайыһан көрбүтэ табаны тутар маамык быата соһуллан испитин бөрөтө лап гыннарбыт. Мэхээлэчээн бөрөнү балайда соспохтоон баран эргиллибитэ, бөрөтө быатын уоппутунан ырдьыгыныы турар. Бөрө маамык быа төбөтүнээҕи түмүгүн ытырбыта, аһыытыгар батары киирбит эбит. Уол ойон тиийэн бөрө тумсун өссө ипсэри баайан биэрэр да, сиэтэн ураһатыгар илдьэр. Дьэ дьоно сөҕүү-махтайыы бөҕө.
Тайах тэпсибитэ
Мэхээлэчээн доҕорунаан Силээннээх күөлүгэр тайахтыы таҕыстылар. Икки күн сылдьан улаханнаах кыраны бултаатылар. Үһүс күннэригэр ойуурга көрсүһүөх буолан кэпсэтэн икки аҥы араҕыстылар. Баччаҕа атыыр тайаҕы бултаһар сэрэхтээх дииллэрин урут истэр эрээри, уол үөмэн тиийэн тайаҕы саатынан кыҥыы сытта. Тайах уол сытарын көрөөт , кини диэки ыстанан кэбиһэр. Уол саата талахха тардыллан мээнэ эстэн хаалар. Тайах уолга ойон кэлэн сиирэ- халты үктүү сылдьар. Тэйэ түспүтүгэр, уол куотан иннин хоту ыстанар, ол иһэн сир оҥхойугар охтон хаалар. Тайаҕа ситэн кэлэн уолу тэбис да тэбис буолар. Уол ыксаан быһыччатын хостууругар, улахан баҕайы тыас иһиллэр да, тайаҕа адаарыйан сууллан түһэр. Уол тайаҕы быһыччатынан кэй да кэй буола сытар. Тайаҕа хамсаабат буолбутугар, уол нэһиилэ оронон турар. Бултун туһунан доҕоругар кэпсээри эргиллибитэ, киниэхэ кэтиллэ түһэр. “Бу манан...”диэн истэҕинэ доҕоро “тириитин бүтэрдэҕиҥ дии...” диэт саатын соттор. Тайаҕы кини ыппыт эбит.
Эһэни миинэн турардаахпын
Мэхээлэчээн күһүөрү Эһэлэй бырааныттан атынан айаннатан иһэр. Эмискэччи ата ыстанан кэбиһэр, көрбүтэ күтүр улахан эһэ эккирэтэн аҕай иһэр эбит. Уол куруттан чохороон сүгэтин хостоон бэлэм иһэр. Арай ата аргынньахтыы түспүт мас аннынан ыстаммытыгар, уол мас үөһэ ыстанан кэбиһэр. Ата салгыы тэбинэ турар. Эһэ буоллаҕына уолу көрбөккө мас аннынан сүүрэн истэҕинэ, нэһиилэ турар мас сууллар да, уол соҕотохто эһэни миинэн кэбиһэр. Син өр оннук миинэн иһэн, уол чохороонунан эһэ оройун алларан кэбиһэр.
Сиэгэн бөҕөс
Биирдэ Мэхээлэчээн тайахтыы сылдьан дьонугар ас илдьээри араҥаска тиийэр. Улахан тайаҕын биир буута суох, мэлигир. Хайаан да сиэгэн уорбут буолуохтаах. Кырдьык, эти сүгэн ол баран иһэрэ көстөр. Уол начаас ситэн тиийэн маһынан сискэ мииннэртээтэ да, сиэгэнэ кыһаммат. Улахан тииккэ ойон тахсыбытыгар уол саанан ытан өлөрөр. Ыйааһына адьас ыарахан, ол иһин даҕаны кинини бөҕөс диэн ааттыллар эбит. Мэхээлэчээн сиэгэни бу аан маҥнай бултааһына.
Кымырдаҕас эһэни кыайбыттаах
Мэхээлэчээн иккиэ буолан таас үрэххэ бултуу сылдьаллар. Таас хайа тэллэҕэр кутаа уот оттон, налыччы сэһэргэһэ олордулар. Арай эмискэ үөһэттэн туох эрэ түһэн иһэр. Сүүрэн тиийэн көрбүттэрэ, сүүнэ улахан эһэ буолар. Арай эһэ кулгааҕа тобус- толору кымырдаҕас эбит. Эһэ кымырдаҕастаан сии сырыттаҕына кулгааҕар киирбиттэригэр, эһэ төбөтүн тааска саайталаабыт. Онтон туймааран сууллан таастан тааска охсуллан өлбүт диэн быһаардылар. Сылаас ууга киирэн сыппыта буоллар кымырдаҕастар бэйэлэрэ тахсыа эбиттэрэ үһү.
Хайа хааһын анныгар
Уйаанныыр диэн үрэх хайатын хааһын анныгар Мэхээлэчээн хаастыы сылдьан чэйдии олорор. Туох эрэ тыаһаабытыгар өрө көрбүтэ, доҕоор, эһэ салбана олорор. Хата Мэхээлэчээн холкутугар түһэн хаалар, уҥа өттүгэр сытар уһун быһаҕын ылар. Куобах истээх сонун ылан үрэх диэки ураҕаһынан анньар. Эһэтэ сонун үрдүгэр үрэххэ ыстанар да, Мэхээлэчээн тоһуйбут быһаҕын үрдүгэр түһэр.
Чубуку
Мэхээлэчээн Силээннээх үрэҕэр тайахтыы сылдьар. Киэһэ хараҥара охсон, халтай ойууру кэтэн, төннөн иһэн ардахха баттатар. Ыксаан ахан иһэн мунан хаалбытын өйдүүр. Таас хайа тэллэҕэр кэлэн, хаспах иһигэр киирэн утуйан хаалар. Арай сүрдээх улахан тыас тыаһаабытыгар уһукта биэрэр. Өлүү болдьохтоох, хаспах айаҕын улахан таас бүөлүү түһэн хаалбыт эбит. Үөһэттэн таас түһэр тыастара иһилиннилэр. Аны бүөлүү түспүт тааһы анньыалаан көрбүтэ, тааһа ыбыс-ыарахан. Сылайыар диэри мучумааннанар уонна манна өлөр буоллум диэн улаханнык санаарҕыыр. Арай таһырдьа киһи ыллыырын истэр уонна хаһыытаан ыҥыран ылар. Иккиэн көмөлөөн тааһы олуйан таһырдьа тахсан дьэ быыһанар. Эриэн-Сирэй тааһыгар тахсан иһэр Ньукулаччаан диэн киһи кинини быыһаабыт буолан биэрэр. Кини аатырбыт булчут, тайаҕы уонна кубаны биир үтэһэҕэ үөлүмммүт улахан булчут бэрдэ. Мэхээлэчээн кини курдук хаһан улахан булчут буолар? Чубуку баарын истэн бултаары Ньукулаччааны кытта барсар. Чубукута тааска сытарын көрөн ытан саайар, таппат. Чубуку соһуйан таастан тааска ойуолуур, өссө ытар. Бу сырыыга сыыспат, чубуку сууллан тааска муоһунан иҥнэн хаалар. Көтөҕөн көрөр да, сатаан кэлбэт. Эмискэ таас сууллан, чубукулуун биирдэ буралла түстүлэр. Булка итинник араас буолар.
Куттас доҕор
Мэхээлэчээн Дьааҥы хайа тэллэҕэр иккиэ буолан бултуу сылдьаллар. Эмискэ сэксэ иһигэр эһэ сытарын таба көрөллөр. Эһэ ойон кэлэн киһитин саатын туора садьыйар, саа дэлби эстэр, киһитэ сарылаабытынан охтон түһэр. Мэхээлэчээн үҥүүтүнэн эһэ хаҥас хонноҕор түһэр. Кини эһэни кытта сойуолаһа сырыттаҕына, киһитэ ойон туран Мэхээлэчээни үҥүүнэн аста, этигэр тиийбэтэ быһыылаах. Эһэ улаханнык таптаран охтон түһэр. Эһэ өлбүтүн билбэккэ киһитэ сууллубут сиригэр олорор, тугу да өйдөөбөт курдук. Онтон дьэ Мэхээлэчээни билэн уоскуйар. Мэхээлэчээн “куттас доҕор куһаҕан даҕаны” дии саныыр.
Булчут буолбут бэлиэ
Мэхээлэчээн эмиэ тайахтыы сылдьар. Ол сылдьан дуолан тайаҕы өлөрөр. Кыылын астаан, түөһүн этиттэн үтэһэҕэ үөлэ олордоҕуна, үөһээнэн кубалар көтөн иһэллэрин көрөр. Саанан ытан улахан көтөрү суулларан түһэрэр. Буутун этиттэн быһан үтэһэҕэ үөлэн сырдьыгыначчы буһарар. Кини даҕаны улахан булчут ахсааныгар киирбититтэн үөрэн сытар. Ити барыта кини кыра соҕус эрдэҕинэ буолбута.
Эһэ
Вася пионер быйыл кыһын куруһуокка үөрэнэн, Яков диэн кырдьаҕас шоферга сыстан, бэйэтэ массыынаны ыытар. Кини грузовой массыынанан хайалар быыстарынан баран иһэр. Бу кэмҥэ ааһан иһэр массыынаҕа эһэ ыстанан таҕыста да сытынан кэбистэ. Вася эһэ олорсон иһэрин көрөн, массыынатын өссө түргэтэтэр. Ол курдук айаннаан куоракка киирэллэр. Вася массыынатын тохтоттоҕуна эһэ куотан дьону куттуон сөп, ол иһин Вася сурук суруйан таһырдьа быраҕар. “Эһэ кыайан тахсыбат олбуоруна аһыҥ, кыһыл таҥаһынан далбаатааҥ”, — диэн суруйбутун милиционер ылан ааҕар. Вася сүүрдэ сылдьан кыһыл таҥаһы көрөн онно киирэн олбуор түгэҕэр тохтуур. Эһэ ыстанан түһэр да, Вася массыынанан төттөрү тахсар. “Вася Попов туппут эһэтэ Москваҕа барар. Ким баҕалаах кэлэн көрсүҥ,” диэн биллэрии хаһыакка тахсар.
Көрсүһүөхпүт
Уонна тугу кэпсиигин?
Мойот ыттары көлүйэн суруйааччыны тиэйэн айаннаан иһэллэр. Мойот убайа Ньукулаааскы сэрэппитин курдук Дуумка диэн куһаҕан сигилилээх ыт быаны быһа ыстаан ыттара куотан хаалаллар. Мойот төһөлөөх үөрбүтэй бэҕэһээ айанныырыттан, билигин хараҕын уу-хаар баһан турар. Сэттис кылаас үөрэнээччитэ суруйааччылары урут көрө илигэ. Биир үксүн ол иһин олус үөрбүтэ ээ. Мойот ыты салайары дьиҥинэн улаханнык сатаабат, убайа кинини халлаан киһитэ диэн ааттыыр. Суруйааччы диир киһилэрэ журналист эбит. Сэриигэ барыан иннинэ республиканскай хаһыакка үлэлээбит. Билигин “Чүөмпэрэ” диэн булт артыалын олоҕун туһунан суруйаары командировкаҕа кэлбит. Мойоттуун кэпсэтэн билсибиттэрэ, киһитин аата Семен Иванович диэн эбит. Ити бэҕэһээ этэ. Билигин Мойот хаара хаалбатах муус көбдүргэн устун сүүрэн иһэр. Иннигэр мууска быаларыттан иҥнибит ыттар туралларын көрөн бастакы ытыгар саба түһэн кууһан ылар.
Оһох итиитигэр
Семен Иванович балаакка иһигэр да олордор, тоҥо олорор. Оттон Мойот бүгүҥҥү айантан сылайбатах курдук туттар-хаптар. Семен Иванович эргитэ саныыр санааларын ону-маны бэлиэтиир тэтэрээтигэр сурунан иһэр. Мойот Семен Ивановичтыын аһаан бүтээттэрин кытта комсомол секретара киирэн Кыһыл Чуумҥа артыал ыччаттарын, кырдьаҕастарын кытта көрсүһүүгэ ыҥырар. Түүн үөһэ быдан ааһар, оттон Мойоттоох дьиэлэрин түннүгүттэн уот кыламныыр. Семен Иванович кэнники кэмҥэ саныыр санаата бүгүн дьэ оннун булар. Кини суруйачччы буолан боруобаланар. Кини айар үлэ кынатыгар олорон, суруйар кэпсээнин геройдарын кытта сылдьар.
Кэм-дьыл көтөн иһэр
“Чүөмпэрэ” артыал кыһын туулээҕи, сайын балыгы бултааһыҥҥа оройуон биир бастыҥ артыала. Семен Иванович булчуттары кытта тахсыһа сылдьан, ону очеркатыгар киллэриэхтээх. Кини тыыннаах, үлэлии, хаамса сылдьар дьон туһунан суруйар. Күн –дьыл баран иһэр.
Мойот кинилиин өрүс арыытыгар бултуу киирэн иһэллэр. Иккиэн хас да куһу өлөрдүлэр. Булка тартаран иэдээн иһэрин өйдөөбөккө хааллылар. Өрүс эмискэ эһиннэ. Арай Мойот биирдэ өйдөммүтэ муустар үрдүлэригэр устан иһэр эбит. Ол курдук устан иһэн көрбүтэ, кини курдук эһэ устан иһэр. Эһэ ууга ыстанна, Мойот таһынан устан истэҕинэ, уол эһэни миинэ түһэр. Биэрэккэ кэлэллэр. Мойот сутуругунан эһэни охсор. Һуу, хата, барыта түүлүгэр эбит.
“Оҕонньор”
Семен Иванович Мойоттуун балааккаларыгар кэллилэр. Ыаллара Кэтириис Ньукулааскыга наадыйан кэлбит. Эһэ буулаабыт, хаһааммыт балыктарын сиэтэлээбит. Эр дьоннор бары балыктыы барбыттар эбит. Семен Иванович Мойоттуун балыктыы бардыбыт диэн Ньукулааскыга сурук суруйаллар. Киэһэлик Кэтириис кыстык дьиэтигэр тиийэллэр. Дьиэ үрдүгэр тахсан эһэни кэтэһэн олордохторуна, эһэлэрэ сытырҕалаан бу тиийэн кэлэр. Иккиэн ыталлар! Эһэ кыланаат ойуур диэки омуннаахтык ойуолуу турар. Биһиги дьоммут сыыстахпыт тугун кыһыытай диэн хаалаллар. Сарсыарда Ньукулааскы сааларын үчүгэйдик харайбаттар диэн мөҥүттэ олордоҕуна, Кэтириис тиийэн кэлэр, бөөлүүн өлбүт эһэҥ хаанын дьаһайбатаххын диир. Ньукулааскы өйдөнөн дьонун уһугуннарар. Баран суоллаан көрбүттэрэ, эһэлэрэ ойуур иһигэр охтон сытар. Аһы хааллара сыстыгыт диэн Ньукулааскы дьонун мөҥөттөөн ылар. Эһэ бааһыран баран өлөр эрэ буоллаҕына ойуурга куотар эбит.
Сарсын эмиэ көрсүһүөхпүт
Үһүөн эһэлэрин этин сүгэн таастар быыстарынан баран иһэллэр. Арай таас тоҕой кэнниттэн уһун суһуохтаах, синньигэс кыыс тахсан кэллэ. Хайалара буоллаҕай диэн Мойот санааҕа ылларар. Сарсыныгар Мойот кыыстыын көрсүһэн билсиһэллэр. Кыыс аата Аага диэн эбит, эмиэ сэттис кылааһы бүтэрбит. Аҕата Егор бултуу тахсыбытыгар сайыһан кэлсибит. Мойот сир баайын көрдөөччү геолог буолуон баҕарар. Ол иһин Алданнааҕы горнай техникумҥа заявление ыыппытын Аагаҕа кэпсиир. Кинилэр бүгүн бииргэ күөгүлээтилэр. Кыыс Мойоттооҕор элбэҕи хаптарбытыгар уол санаата түстэ, кыбыһынна. Балык биэрэ сатаабытын ылбата. Арай дьиэтигэр кэлэн соһуйар. Биэс балыктааҕа аҕыс буолан хаалбыт.
Икки сурук
Мойот бииргэ күөгүлээри Ааганы кэтэһэр да, кыыс суох. Ураһаларыгар тиийбитэ “геолог буоларыгар эрэнэрин уонна баҕар хаһан эрэ көрсүһүөхтэрин” туһунан сурук суруйан хаалларбыт. Мойот дьиэтигэр тиийэн өссө биир суругу ааҕар. Убайа Ньукулааскы сир баайын чинчийэр экспедиция артыалга тохтоон сынньаныахтааҕын туһунан суруйбут.
Чэ,тур!
Экспедиция үлэһитэ Антон Духов Мойоттуун сөтүөлүү сылдьаллар. Умсан куоталаһа сылдьан Мойот өр да өр ууттан тахсыбата. Антон ыксыы түһэр, хаһыытаан көрөр да туох да биллибэт. Кута аннынан бардаҕа диэн кутаны кыйа сылдьар. Эмискэ хаһыы курдугу истэн ол хоту барар. Кута үрдүгэр буор-сыыс сытарын тибилийэн хаспытыгар Мойот уһуутаабытынан тахсан кэлэр. Мойот тымныйан хас да күн ыалдьан сытан ылар. Семен Иванович куталаах күөлгэ сөтүөлэммэт диэн уолу сэмэлиир. Биирдэ Семен Иванович Мойот техникумҥа киирбитин туһунан телеграмма аҕалар. Кини очеркатын бүтэрэн иккиэн бииргэ аргыстаһар дьон буолаллар.
Сымыраахап
Аага аҕата Егор Сымыраахап диэн киһилиин көмүс сууйарга кэпсэппиттэр. Егор урут кинилиин бииргэ балыкка сылдьыбыттар. Макаар Сымыраахап бэйэтин тус иннин эрэ саныыр киһи. Эрэйэ суох сылдьан элбэҕи баһан ылыан баҕарар. Ол да иһин кини борогуулсук аатырдаҕа, абаанса ылбытын төлөөбөккө да сылдьар. Сымыраахап булчуттарга чугаһаан элбэх таба бааллан турарын көрөр.
Дьон иннигэр
Мойот, Семен Иванович экспедиция таһаҕаһын тиэйэн табаларынан иһэллэр. Сирдьитинэн Ньукулааскы иһэр. Баран иһэн саа тыаһын истэн Мойот ойуур иһигэр киирэр. Арай Аага бөрөнү өлөрөн турар эбит. Таба оҕотун сии сыспытын быыһаабыт. Экспедиция барбыт суолун кэнниттэн айаннаатылар. Ньукулааскы Сымыраахабы көрөн тутан ылар.
Ырыа
Егор оҕонньор Сымыраахапка уордайар. Артыал борогуулсугун кытта булсубутуттан кэмсинэр. Макаар буруйун билинэн Ньукулааскылыын артыалга барар буолла. Мойот Аагалыын күөгүлүү олороллор, кинилэр улам-улам доҕордоһон иһэллэр. Ол эрээри сарсын-өйүүн арахсыахтаахтар. Аага намыын куолаһынан ыллаан дьиэрэһитэр. Өрүс чуумпуран иһиллии сытарга дылы. Дьикти да ырыа.
Самолетка Семен Иванович, Мойот уонна Аага көтөн иһэллэр. Аага Якутскайга ырыаһыт буоларга үөрэнэ баран иһэр. Семен Иванович телеграмматынан искусство управлениета Аага Якутскайга көтөн кэлэрин тэрийбит. Самолет тус хотуттан соҕуруу көтөн иһэр.
Лена хочотугар
Ыһыы бэлэмин Ленин аатынан колхоз хайаларыттан да урут бүтэрбитэ. Ити колхозтаахтар биир өйүнэн-санаанан үлэлииллэриттэн буолар. Үлэ билигин чиэс, хайҕал уонна бочуот буолар. Колхоз сарсыҥҥы уйгута бүгүн ыһыы күннэригэр оҥоһуллар. Күүтүүлээх сааспыт дьэ тиийэн кэллэ.
Михаил Федорович сэрии кэнниттэн
Дойдутугар эргиллэн кэлбит гвардия лейтенана Михаил Федорович Иванов хаара ууллубут киэҥ бааһынаны көрөн турар. Кини билигин “Үһүс пятилетка” колхоз председателэ. Кини хонуу биригэдьиирэ Николай Давыдовтыын кэккэлэһэ хаамсан бөһүөлэккэ киирэллэр. Колхоз быйыл 196 га сиргэ туорахтаах культураны ыһыахтаах. Күүрээннээх үлэлэр саҕаланар күннэрэ - хонуу сааскы улэлэрэ буолара кэллэ.
Саҥа дьыл
Сана дьыл биһиэхэ саҥа кыайыы, саҥа дьол саҕаланыыта. Саҥа дьылбыт саҕаланна биһиэхэ күн тахсыытынан, өстөөхтөргө им сүтүүтүнэн. Сана дьыл саҕаланна сэриини эһэр сэрии тилэҕин ньиргиэринэн. Кыһыҥҥы да халлааҥҥа советскай этиҥ этиитинэн.
Дьикти кэрэ күн
Москва Кыайыыны чиэстиир. Советскай дойду устун бу күн ньиргиэрэ иһиллэр. Биһиэхэ дьикти күн үүннэ. Саха омук историятыгар аан маҥнай саха киһитэ Германияҕа үктэннэ. Арҕаа Европа аан маҥнай сахалыы ырыаны иһиттэ. Бу улуу күн улуу Маай бырааһынньыга буоллаҕа...
Талааннаах суруйааччы Тимофей Сметанин олус кылгастык олорон аастар, бэрт элбэх айымньыны суруйан хаалларбыта. Кинигэ “Саха суруйааччылара – оҕолорго”сериянан фронтовик-суруйааччы 95 сааһын көрсө тахсыбыта. Манна “Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ” диэн көрүдьүөс уонна олус омуннаах кэпсээннэр киирдилэр. Мантан да атын үтүөкэн айымньылары оҕолор ааҕар кыахтаннылар. Бу кинигэни таптаан ааҕар кинигэҕит буолуо диэн эрэнэбит.
Кинигэ ис хоһоонун кылгастык кэпсээтэ ведущай библиограф Илларионова Саргылана СӨ Национальнай библиотеката. Оҕо ааҕар киинэ

Сметанин, Тимофей Егорович (1919-1947).
Сэһэн. Кэпсээннэр : [орто саастаах оскуола
оҕолоругар] / Тимофей Сметанин ; [хомуйан оҥордо
М. В. Мигалкина ; киирии тыл авт. Сэмэн Тумат].
- Дьокуускай : Бичик, 2014. - 125, [2] с.
- Великая Отечественная война. Якутия в 1941-1945 гг. > Писатели Якутии о войне,
- Сметанин Тимофей Егорович > Произведения Т.Е. Сметанина,
- Писатели Якутии - участники Великой Отечественной войны > Сметанин Тимофей Егорович > Произведения,
- Книга кратко,
- Языкознание. Филология. Художественная литература,
- ШКОЛА > Школьнику > Литература > Якутская литература > 6 класс,
- ШКОЛА > Школьнику > Литература > Якутская литература > 7 класс,
- ШКОЛА > Школьнику > Литература > Якутская литература > 8 класс,
- ШКОЛА > Школьнику > Литература > Якутская литература > 9 класс,
- ШКОЛА > Школьнику > Внеклассное чтение,
- ШКОЛА > Педагогу > Литература для внеклассного чтения > Среднее образование,
- ШКОЛА > Педагогу > Преподавание дисциплин > Литература > Якутская литература,
- Школа 2 > Жанры > Художественная литература > Проза,
- Школа 2 > Предметные подборки > Художественная литература > Якутская литература.
Чтение документа возможно в помещении библиотеки