Кэрэхтээххэ: роман
Кэрэхтээххэ: роман
Дьокуускай
Бичик
1994
424 с.
Краткое содержание
Прозаик В. В. Яковлев бу романыгар биир нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта ойууланар. Кинигэ сүрүн дьоруойа мындыр өйдөөх уонна туруу үлэһит, билигин сварщик идэлээх Сомсуун Омукчанов олоҕун олуктарынан уонна үлэтигэр ситиһиилэринэн бу тиэмэ итэҕэтиилээхтик арыйыллыбыт.
Ол курдук Сомсуун киһини билэр буолуоҕуттан, холбоһуктааһын саҕаттан тыа дьонугар наар хотон айдаана баарын билэ, өйдүү улаатар. Кини өйдүүрүнэн, хотону дьиэттэн араарыы сокуонун саҕана, кини аҕата, Мас Мэхээлэ, оччотооҕуга сэбиэт председателэ киһи, убайыгар Муос Өндүрэйгэ тиийэн хотоҥҥун туспа тут диэн дьаһайбытыгар, убайа өһүргэнэн, кинилэр өр сылларга бэйэ – бэйэлэриттэн тэйсэ сылдьан баран, сэрии саҕана эрэ эйэлэспиттэр эбит.
Сомсуун сэбиэт оҕото буолан, саҥа оскуола аһыллыытыгар оскуолаҕа киирбит. Онтон 4-с кылааһы бүтэрбит оҕону дьон сыарҕа иччитэ оҥостон куоракка илдьэ киирбиттэригэр, кинилэр түспүт ыалларыгар киэһэ биир туора бытыктаах киһи кэлэн уолчааны кытта ону – маны ыйыталаһан, кэпсэтэ түһэн баран, 3 ыйдаах дэһээтинньиктэр курстарыгар үөрэнэригэр сүбэлиир. Сомсуун 4 ый курдук үөрэнэн баран “техник - строитель” диэн удостоверениелаах кыс ортото дойдутугар эргиллэн кэлбит. Ол кэннэ, анал үөрэхтээх киһи быһыытынан Кэрэхтээххэ хотон тутуутугар үлэлэспит. Оччотооҕу тутуу симии истиэнэлээх уонна устатын тухары хас да сиринэн иик мунньустар ханаабалардаах буолан, 30 тахса сыл бу тутуу олох хамсаабакка турбут. Хотону тутууга колхоз председателэ Силип Кононов үлэлэспит. Кэлин кини аатын ахтыбат буолбуттар. “Кини норуот өстөөҕө Ойуунускай кутуруга”, “Тороскуус үһү” диэн сир аннынан сурах тарҕаммыт. Онтон сүрүн буруйданыыта бу Кэрэхтээх хотонун соруйан куһаҕаннык туттарда диэн буолбут. Аны Сомсуун Омукчановы Субуруускай үөрэттэрбитин кэлин буруйдааһыҥҥа баайсыыга туһаммыттар.
Онон, саллар сааһын тухары маастар Сомсуун санаатын аалар ити Кэрэхтээх хотоно буолар.
Роман сүрүн ис хоһооно “Сайдыы” совхозка ферма үлэһиттэрин үлэлэрин чэпчэтэр соруктаах аныгылыы кэлим механизацияламмыт 400 ыанньык ынах турар икки хотону үлэҕэ киллэрээри туруулаһа сылдьалларыттан саҕаланар. Урут тутуу маастарынан үлэлии сылдьыбыт, билигин сваркаһыт Сомсуун хотоннор көҥдөйдөрө бүтэн, муосталара тэлгэннэр эрэ бэйэтэ тобулбут грейдердээх скеперын хамсатан көрүөхтээх. “Сайдыылар” ити боппуруоһу хас да сыллааҕыттан илдьиритиспит буолан, муоста ыраастыыр тэрил оннун булла. Хата санаа хоту реверсивнэй, төттөрү – таары тардыалыыр лебедка көстөн абыраата.
Бу кэмҥэ аны Сомсуун кэргэнэ, сааһын тухары ыанньыксыттаабыт Мааппа, ордук бэйэтэ – бэйэтигэр сылдьар майгылаах буолан, саҥаны ылынарынааҕар, урукку үөрүйэхтэринэн үлэлии үөрэммит буолан, бу саҥа механизациялаах хотон дии – дии сүпсүлгэни олох ылыммат. Онно барыан баҕарбат.
Кэлим механизациялаах Тугулутта хотонугар ферма сааһыланыыта Кэрэхтээхтэр батыа суох курдуктарыттан саараан, кинилэр биригээдэлэрэ миэстэлэригэр кыстыы хаалар буолбуттара. Сомсуун аны бу хотоҥҥо эмиэ илии үлэтин чэпчэтэр санааны ылынан үлэлээн барар. Партком секретара Евграфов Сомсуун Омукчанов ити быраҕыллыбыт хотоҥҥо була сатыы – сатыы ол – бу саҥаны киллэрэ сатыырын тохтотторор баҕалаах.
Кыһын “Кыым” корреспондена кэлэ сырыттаҕына, Тугулутта хотонугар уу хачайдыыр насостара алдьанан, икки күн уулаабатах ынахтарын Кэрэхтээхтэр ынахтарын уулатар сылаас ойбонноругар илдьэн уулатарга күһэллэллэр. Суруналыыс Лааһарап улахан ыстатыйата тахсан олохтоохтор санааларын хайытар. Онон ыстатыйаны дьүүллэһиигэ аналлаах совхоз бары исписэлиистэрин ортолоругар мунньах ыҥырыллар. Манна араас санаа этиллэр. Сөбүлээччилэр да, утарааччылар да аһаҕастык кэпсэтэллэр.Ол курдук, “Сайдыылар” гигантоманияҕа охтор кутталлаахтарын, ол быыһыгар кыра – кыра совхозтартарга арахсан ыһыллар сибикилэрэ баарыгар тиийэ мөккүһэлэр. Онтон уопсай биир санааҕа киирэн журналист Лазарев олоххо баар көстүүлэри сөпкө сырдаппыт буолан баран, кини республиканскай хаһыат үлэһитэ буоларын быһыытынан, принципиальнай линияны тутуһуохтааҕын суруйбатаҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Түмүгэр ССКП КК уобаластааҕы комитетыгар уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйаны оҥорор уонна заготовкалыыр министерствотыгар суруктарын бырайыагын бигэппиттэр.
Роман ис хоһоонунан ааптар тыа сиригэр табаарынай бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар үлэлэрин технологиятын көрдөрбүтүн сүрүн дьоруой – түөрт улаатан эрэр оҕолордоох Сомсуун Омукчанов дьиэ кэргэнин күннээҕи олохторун арыйыыта айымньыны ситэрэн – хоторон биэрэр. Ону таһынан суруйааччы уу инженера идэлээх, булугас, сытыы өйдөөх Намыйаан Модунов уобараһын киллэрбитэ күүрээннээх үлэ араас өрүттэрин арыйыыны сатабыллаахтык ситимниир.
Книгу пересказала Альбина Иванова

Яковлев, Василий Васильевич (поэт, прозаик,
переводчик; 1934-1994).
Кэрэхтээххэ : роман / Василий Яковлев. -
Дьокуускай : Бичик, 1994. - 415, [1] с.
- Книга кратко,
- Сынньалаҥ&кинигэ > Якутские авторы,
- Языкознание. Филология. Художественная литература,
- ШКОЛА > Школьнику > Внеклассное чтение,
- ШКОЛА > Педагогу > Литература для внеклассного чтения > Среднее образование,
- ШКОЛА > Школьнику > Литература > Якутская литература > 10 класс,
- ШКОЛА > Школьнику > Литература > Якутская литература > 11 класс,
- ШКОЛА > Педагогу > Преподавание дисциплин > Литература > Якутская литература,
- Школа 2 > Жанры > Художественная литература > Романы,
- Школа 2 > Предметные подборки > Художественная литература > Якутская литература.
Войдите в систему, чтобы открыть документ