Сүтүк: роман
Сүтүк: роман
Якутскай
Саха сиринээҕи кинигэ издательствота
1985
358 с.
Краткое содержание
Молдавияҕа, Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Тирасполь куорат олохтооҕо Сура Мотелевна Штернер икки оҕолорун сүтэрбит аһыылаах. Кини аҕата Мотл Точиловскай Краков куоратын олохтооҕо ичигэс климаттаах, элбэх фрукталаах Тираспольга кэлэн ыал буолан элбэх оҕоломмут, онон халыҥ аймахтар. Улахан кыыһа Этл бэйэлэрин бэкээринэлэригэр буһарбыт килиэптэрин атыылаан үлэҕэ үөрэммит буолан, иннин тардынан сылдьар. Кыра кыыс Сура аҕатын кутун туппут кыыс буолан, онон туһанан, ыал улахан таас дьиэтигэр уонна бэкээринэтигэр “кэриэс” суруйтаран ылар. Мотл мааны кыыһын Сураны маннааҕы кантор уола Ейнех Штенер ойох ылар. Эдэрдэр биир эрэ сыл олорон баран, Ейнех күрэхтээх оонньууларынан үлүһүйэн, сымыйа харчыга хаартылыы сылдьан, угаайыга киирэн биэрэн суорума суолланар. Сура түргэнник байар санаата батарбакка биир дьүөгэтиниин трактир арыйан үлэлээн бараллар. Манна киниттэн тимир суол ыскалаатын хаһаайынын уола Сергей Шустер диэн кэргэннээх үс оҕолордоох киһи арахпат буолбута. Этл улахан кыыһа Клара кэргэнинээн Наумнуун “Кыһыл иннэ” артыалга киирэн, бэйэлэрин дьиэлэригэр олорон имиллибит бараан тириитинэн кыһын кэтэр таҥастары тигэллэр.
1930 сыллаахха Сура уолламмыта. Оҕо төрөппүттэрэ саахсаламмыт докумуоннара суоҕун быһыытынан оҕону ийэтин аннынан Штернер Семен Сергеевич диэн суруйбуттара. Этл ылгын кыыһа Софья бастаан консервнай заводка үлэлээн иһэн, Тираспольга пограничнай этэрээккэ үлэлии кэлбит уолга эргэ тахсыбыта. Олох оннун булан барбытыгар саҥа олоххо былаан, оччуот диэн үлэлэр күүһүрэн барбыттарыгар, Сергей Шустер үлэлиир ыскалаатыгар ревизордар үлэлээн, киниттэн уон тыһыынчаттан тахсалаах итэҕэһи булан, онон государство үбүттэн элбэҕи испит – аһаабыт диэн буруйдаабыттарыттан куотунан, кини киэҥ сиргэ Одессаҕа тиийэн саһа сылдьар. Сура төһө да кырыымчык олохтооҕун иһин, уолун көтөхпүтүнэн болдьоспут кэмигэр баран Сергейин көрсөн кэлэрэ. Биир оннук түгэҥҥэ Сергей кинини кытта Тираспольга тиийэн, милииссийэлэргэ бэйэтэ бэриммитэ. Суут кинини 6 сыл хаайыыга уурбута. Сура аны кыыстаммыта, Гастрономҥа үлэлиирэ. Сотору гастроном киоска астарбытыгар, харчыны сатаан ааҕар Сура онно атыылааччы буолбута. Биирдэ киилэтэ 72 харчылаах тоҥ балыгы 93 харчынан атыылаабытыгар айдаан тахсан, кинини накладнойун көрбөккө эрэ, сэбиэскэй атыы бэрээдэгин кэспитин иһин 1 сыл күһэлэҥ үлэҕэ анаабыттара. Бу кэмҥэ 10 саастаах Сенята оскуолаҕа ортотук үөрэнэрэ, кыра кыыһа Люсята детсадка сылдьара.
Софа кэргэнин Дальнай Востокка Хабаровскайга биир пограничнай этэрээт коменданынан ананан барар бирикээһэ кэлбитигэр, тимир суолунан уһун айан кэмигэр сэрии буолара саарбахтамматын туһунан кэпсэтии буолар. Сковородино станцияҕа тиийэн сэрии саҕаламмытын истибиттэрэ.
Сура курдук, күһэлэҥ үлэҕэ ууруллубуттары вагоннарга олордуталаан тус илин атаарбыттара. Соҕурууҥҥу Урал Челябинскайын таһыгар кыракый сэлиэнньэҕэ тиийэн түһэртээбиттэрэ. Манна урут тимир иһит оҥорор кыра заводу сөргүтэн саҥаттан таҥан артиллерийскай снарядтары оҥорон кыайыыны уһансыахтаахтара.
Сергей Шустер суут уураахтаабыт кэмин толору олорон, 1941 сыл алтынньы 15 күнүгэр лааҕыртан тахсыбыта. Кини аны хаайыылаах буолбут Сураны көрдүөҕүнээҕэр, урукку кэргэнин Бетяны булар санааламмыта.
Сура Мотелевна заводка бэрт түргэнник токарь идэтин баһылаабыта. Артиллерийскай снаряд чочуйар нуорматын толорор этэ. Манна баракка бииргэ олорор Ирида Семеновналыын доҕордоһон, кини сүбэтинэн Иркутскай уобалас Зима станциятыгар кини аҕатыгар чаһы мастерскойун сэбиэдиссэйигэр кыыстарыттан сурук илдьэн биэрэр. Пропискаланар, чаһы мастерскойугар бастаан “үөрэнээччинэн” киирэр, өр буолбакка экзамен туттаран баран чаһы маастарын хамнаһын ылар буолар. Манна кини Сергей Шустер маҥнайгы кэргэнигэр Бетяҕа барбытын истибитэ. Ол эрээри, олох суолларын тиксиһиилэригэр кинилэр Андижаҥҥа көрсөн, оҕолорун Сеняны уонна Люсаларын иккиэн көрдүөх буолан сүбэлэһэн бииргэ олорон иһэн, Сергей хас да сыл ааллара сылдьыбыт ыарыыта көбөн өлбүтүн, Сара часовой мастерскойга бииргэ үлэлиир дьонун көмөтүнэн Андижаҥҥа көмөн кэбиспиттэрэ. Эмиэ соҕотох хаалбыта. Кини кыыһын, Люсятын, Ната Дэвидзон эвакуация кэмигэр тиһэх эвакуацияланар состав вагоннарын таһыгар хаалларан бэйэтин кыыһын, сиэнин кытта быыһаммыттарын истэн кэлэйэр.
1944 сыллаахха, муус устар 12 күнүгэр Тирасполь өстөөхтөн босхоломмута. Сура дойдутугар төннөн кэлэн, Атбасарга мунньуммут харчылаах буолан 6 тыһыынчаҕа биир кыра дьиэни атыыласпыта. Кыыһын Люсятын фашистар Тираспольга өлөрбүттэрин итэҕэйбитэ. Часовой мастерскойга үлэлээн барбыта. Былаанын аһара толорор буолара. Кини Софьяттан Сеняны куорат ЗАГС-тан справка ылан детдомҥа туттарбыттарын туоһулаһан баран, сэрии кэнниттэн Москваҕа сэрии кэмигэр сүтүктээхтэри көрдүүр комиссия тэриллибитигэр Лида Черскайалыын ЗАГС справкатыгар суруллубутун курдук, “Семен Сергеевич Шустер диэн сэрии саҕаланыытыгар 11 саастаах оҕону көрдүүбүт” диэн ыйытык суругу ыыппыттара.
Аны бу кэмҥэ кини хаҥас эмиийэ ыалдьар буолбута. Мунньуммут харчыта бүппүтэ. Дальнай Востокка баар балтыгар Суоппуйаҕа суруйбута. Софья кэргэнинээн кэлэн билсэн барбыттара. Онтон ыла ый аайы киниэхэ Софья 25 сүүһү почтанан ыытар буолбута. Эмиийин Кишиневка эппэрээсийэлээбиттэрэ. Ыалдьан сыттаҕына, Софья кэргэнинээн Одессаҕа сынньана таарыйа, киниэхэ кэлэн 10 хонон барбыттарыгар дьоннордоох эбиппин диэн улаханнык үөрбүтэ.
Сура өрүттүбэттик ыалдьыбытыгар, Лидия телеграмматын тутаат, Софья кэлэн эдьиийин ыарыылыыр. Биир күн рынокка сырыттаҕына, кини билбэт эдэр уола, “Эһиги 1941 сыллаахха Сеняны детдомҥа аҕалбыккытын өйдүүбүн,” - диэн соһуппута. Салгыы Ереваҥҥа детдомҥа Сеня Шустеры кытта бииргэ сылдьыбыттарын, билигин да доҕордууларын кэпсээбитэ. Оскуоланы бүтэрэн баран Сеня музыкальнай техникуму бүтэрэн, билигин Ереван биир орто оскуолатыгар музыка учууталынан үлэлиир эбит. Икки сыллааҕыта кэргэннэммит. Билигин уол оҕолоохтор. Кини фамилията Шустер буолбатах, Сеня өрүү Штернер этэ – диир. Сотору буолаат табаарыһын көмөтүнэн Сергей Шустер эдэр эрдэҕинээҕитигэр майгынныыр кэргэннээх оҕолоох киһи ийэтигэр тиийэн кэлбитэ.
Кинигэ ис хоһоонун кэпсээтэ Альбина Иванова

Якутскай, Николай (1908-1995).
Сүтүк : роман / Николай Якутскай. - Якутскай :
Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1985. - 347, [2]
с.
- Книга кратко,
- Якутский Николай - Золотарев Николай Гаврилович > Произведения Н. Якутского,
- Языкознание. Филология. Художественная литература,
- ШКОЛА > Педагогу > Литература для внеклассного чтения > Основное образование,
- ШКОЛА > Педагогу > Литература для внеклассного чтения > Среднее образование,
- ШКОЛА > Школьнику > Внеклассное чтение > Читаем летом > Якутская литература,
- ШКОЛА > Школьнику > Литература > Якутская литература > 11 класс,
- ШКОЛА > Педагогу > Преподавание дисциплин > Литература > Якутская литература,
- Школа 2 > Жанры > Художественная литература > Романы,
- Школа 2 > Предметные подборки > Художественная литература > Якутская литература.
Чтение документа возможно в помещении библиотеки